19 Октябрь, 2015
Саха суруйааччылара
Кулаковский А.Е. — Өксөкүлээх Өлөксөй
Өксөкүлээх Өлөксөй — Алексей Елисеевич Кулаковскай (04.03.1877—06.06.1926) — саха литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, поэт, наука араас көрүҥнэригэр маҥнайгы оҥкулу оҥорбут чинчийээччи, гуманист-философ.
1877 сыллаахха кулун тутар 4 күнүгэр Амма өрүс үрдүгэр турар «Учай» алааска (билигин Таатта улууһун Уус-Амма нэһилиэгин сирэ) төрөөбүтэ.
1925 сыл ахсынньытыгар Саха АССР аатыттан Бастакы түүр сийиэһигэр Баку куоракка баран иһэн ыалдьан хаалар.
1926 с. бэс ыйын 6 күнүгэр Москуба куоракка өлөр. Москубаҕа Данилов кылабыыһатыгар көмүллэ сытар.
Айымньылар | Мантан ыл |
Өксөкүлээх Өлөксөй — ХоьооннороБайанай алгыhа Балык ыама Былыргылыы алгыс Итирик Бурсуй ырыата Оскуолаҕа От-мас тыллыыта Оттоку олук алгыhа Куорат кыргыттара Куоска Кутуйах Өй, сүрэх икки мөккүөрэ Өрүс бэлэхтэрэ Саха дьахталларын мэтириэттэрэ Саха омук Тыа кыыла Хаар-муус дойду аармыйата Хаар хараарыыта, үрэх эстиитэ Хомус Чабыр5ах Этиҥ |
docxfb2 |
Дьокуускай куорат
everstoff@mail.ru сайтыттан айымньыларын аах.
Софронов А.И. — Алампа
Алампа (Cофронов Анемподист Иванович) (14.11.1886—24.10.1935) — саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ. 1886 сыл сэтинньи 14 күнүгэр Боотур Уус улууһугар (билиҥҥитэ — Таатта улууһа) сэниэ ыалга төрөөбүт. Ийэтэ суох улааппыт. Түөрт кылаастаах таҥара дьиэтин оскуолатын иккис кылааһын бүтэрбит.
Айымньылар | Мантан ыл |
Хоһооннор, кэпсээннэр: Орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар. — Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1987. — 80 с. | docxfb2 |
Куоратчыт (Кэпсээн) | docx fb2 |
Алампа хоһооннороАанньал уонна абааһы Атаас! Аҕабар сурук Бырастыы Дорообо, доҕоруом!.. Доҕоруом Доҕоччугуом Дьадаҥыттан тахсыбытым… Дьүөрэ Кимиэхэ… Кэриэс Күүтэбин… Күһүҥҥү күн… Кэҕэ Көлбөҕүрбүт көхсүбүн… Мин Мин сулуһум Мэлдьи барык-сарык… Нарынныр эрэ тарбаххын… Ньургуһуннааҕар ньуолдьаҕай ньуурдаах… Одуулаан олордоххо… Санааргыыр санаа Саха аймах Саха ырыата Саҥа Дьыл Саҥа дьылынан саҥардым… Саҥа олох Саһархай хааннаах… Сэрэх Таатта уола… Таптыыбын Таһыттан санаатахха Тугу көрдүүбүн? Тугу туойабын Тугу туһанаары? Туохтан? Туругурбут дойдубуттан… Төрөөбүт дойду Уордайбыккын… Уркуускай Утуйа сытан баттаппыт Уулларбыт хорҕолдьун куддук… Yрүҥ күн анныгар… Yрүҥ туллук эрэ… Хатан санаа хампарыйда… Ырыаһыт Бүөтүр Черныхха Ыччат сахаларга Эдэр сааспар Эт-сүрэх эҥмэнийэн |
docx fb |
Дьокуускай куорат
everstoff@mail.ru сайтыттан айымньыларын аах.
Николай Денисович Неустроев
Саха литературатын төрүттэспиттэртэн биирдэстэрэ Николай Денисович Неустроев 1895 с. ахсынньы 15 күнүгэр Таатта yлyyhyгap төрөөбүтэ. Кини драматург уонна прозаик. Бастакы нууччалыы кэпсээнэ «Дикая жизнь» 1917 с. бэчээттэммитэ, комедия жанрын төрүттээбитэ. Бастыҥ комедията «Кукаакы Кулуба» 1920 с. суруллубута. Саха драмтеатра кини суруйбут «Kyhaҕaн тыын» драматынан улэтин саҕалаабыта (1925 с.) «Балыксыт» кэпсээнэ саха классикaтыгаp киирэр.
Неустроев үөрэммит оскуолата — нуучча литературата. Нууччалыы кэпсээннэри суруйбутун тэҥэ, өссө революция иннинэ Платон Ойуунускайдыын Н.В.Гоголь «Ревизорун» сахалыы саҥардыспыта. Кинини эмиэ баһааҕырдан буржуазнай националиһынан ааттыы сылдьыбыттара
Саха үс бастакы суруйааччыларын үтүө ааттарын төнүннэриигэ профессор Г.П.Башарин улахан үтүөлээх.
Эдэр сааһыгар 1929 с. от ыйын 21 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ. Дьокуускайга көмүллүбүтэ.
(М.К.Аммосов аатынан ХИФУ сайтыттан ыллым http://www.s-vfu.ru/gordost-universiteta/detail.php?ID=9730)
Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр
Василий Васильевич Никифоров — Күлүмнүүр (18.05.1866—15.09.1928) — Саха Сирин уһулуччулаах общественнай, политическэй диэйэтэлэ, краевед-учуонай, суруйааччы, публицист, Сахалар сойуустарын салайааччыта, Саха сиригэр земствоны киллэрии көҕүлээччитэ уонна тэрийээччитэ.Василий Васильевич Никифоров 1866 с. ыам ыйын 18 күнүгэр Саха уокуругун Дүпсүн улууһугар (билиҥҥи Уус-Алдан улууһугар) сэниэ дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕата — Баһылай Никииппэрэп — Дьокуускайдааҕы уезднай училищаҕа үөрэммит киһи — 1840-с сыллар бүтүүлэригэр Дүпсү улууһун суруксута эбит (бэйэтин төрдө — Арҕаа Хаҥалас улууһа). 1851 с. хас да нэһилиэк «ревизские сказки» дэнэр дөкүмүөнүн сатабыллаахтык оҥорон куортугунан наҕараадаламмыт. Оҕолорун (4 уол, 4 кыыс) үөрэхтээх дьон оҥороору дьиэтигэр оскуола арыйан үөрэттэрбит. Онно көскө сылдьар аҕабыыт учууталлаабыт. Ол гынан баран уола Василий ахтарынан, арыгыннан үлүһүйэр таҥара үлэһиттэрин кытта куомуннаһан, бэйэтэ арыгыһыт буолан хаалбыт, онон уола үстээҕэр өлбүт. Василийы 1872 сыллаахха улуус суруксута Даниил Федорович Охлопков иитэ ылбыт.Василий бастакы учууталынан политсыылынайдар Н. П. Странден, П. Д. Ермолов, Д. А. Юрасов уонна П. П. Подбельскай этилэр. 1874 сыллаахтан Охлопков уолун үөрэттэрээри Страндены бэйэтин дьиэтигэр олордор. 1875 сыллаахха Охлопков уолу Нецветова диэн Странден билэр дьахтарыгар Дьокуускайга олохтуур. Нецветова бэлэмнээбитин кэннэ 1877 сыллаахха уол Дьокуускайга эр дьон прогимназиятыгар киирбит. Онтун 1885 с. бүтэрбит. Учууталын Странден дьиэтигэр Нам улууһугар көскө сылдьар медик-устудьуон А. А. Сиповичтыын билсэр. Доҕотторун А. А. Афанасьевтыын уонна В. П. Поповтуун киниэхэ дьону эмтииригэр нэһилиэктэри кэрийэригэр көмөлөһөллөр, бу сылдьан медицинанан үлүһүйэллэр, уонна бары бэйэлэрин улуустарыгар балачча өр кэмҥэ фельдшер үлэтин толороллор.Үөрэнэ сылдьан кэлин бииргэ үлэлэспит дьонун кытта — бырааттыы Илья, Федор, Иосиф Поповтары, П. А.
уонна М. А. Афанасьевтары, П. Н. Сокольниковы, В. Я. Слепцовы, Е. Д. Николаев II, онтон биллиилээх общественнай диэйэтэл Е. Д. Николаевтыын — билсэр.
Оскуоланы бүтэрэр 1885 сылыгар ииппит аҕата дьадайан хаалан гимназия дириэктэрэ көҥүлүнэн тохсунньуга төрөөбүт улууһугар суруксуттуу тахсар. Сайын бэс ыйыгар алта кылаастаах прогимназияны бүтэрэр, уонна салгыы үлэлиир. Бу кэмҥэ көскө сылдьар Папий Павлович Подбельскайы кытта билсэр, кини көҕүлээһининэн табаарыстарын кытта Дүпсүҥҥэ уонна Мэҥэҕэ Саха сиригэр бастакы библиотекалары арыйар.
1886 сыллаахха Дьокуускайга Илин Сибиир генерал-губернатора граф А. П. Игнатьев кэлэринэн ситимнээн, П. П. Подбельскай көмөтүнэн, Дүпсүн улууһун туругун туһунан дакылаат-сурук оҥорор. Манна сир барыта чааһынай билиигэ киириэ суохтааҕын туһунан этэр, олохтоохтор ыар баттыгастаах олохторун кэпсиир, түһээннэрэ наһаа үрдүгүн суруйар уонна сахаларга бэйэни салайыныыны киллэрии туһунан этии киллэрэр.
Никифоров Василий Васильевич, Ксенофонтов Гаврил Васильевич уонна Никифоров Гаврил Васильевич (Манньыаттаах уола)1887 с. Дьокуускайдааҕы уобалас музейыгар былыргы таҥастары уонна былыргы бухатыыр тимир бэргэһэтин сорҕотун бэлэхтииллэр. Ити маллар тустарынан этнографическэй справка оҥорор.1889 с. кулун тутарыгар сыылынайдар өрө турууларын кэмигэр Подбельскай өлөрүллүбүтүн кэннэ кини архыыбын П. А. Афанасьевтыын ойуурга кистииллэр.1890 сыллаахха Дүпсүн кулубата буолар. Бу дуоһунаска үлэлии сылдьан кини сири таҥастааһыны кэҥэтэргэ, культураны көтөҕүүгэ, дьон ыраас олоҕун туһугар, арыгылааһыны уонна хаартылааһыны утары охсуһар. Атыыһыт К. Д. Спиридоновтыын кыттыһан Дүпсүҥҥэ бастаан приход оскуолатын, онтон кини олоҕор министерскэй оскуоланы арыйтарар. Үөрэҕириигэ үлэтин иһин үрдүк наҕараадаҕа тиксэр — тохсунньу 25 күнугэр 1895 с. император Станиславскай лиэнтэлээх үрүҥ көмүс мэтээл биэрэр.1894—1896 сылларга Сибиряков экспедициятын үлэтигэр кыттар.
1900 сыллаахха быраас Сокольниковтыын кылгас саха-нуучча тылдьытын оҥорорго сахалартан харчы хомуйар. Кинилэр көрдөһүүлэринэн тылдьыт матырыйаалын хомуйууну политсыылынай Э. К. Пекарскай бэйэтигэр ылыммыт, онтон бу дьыалаҕа атын сыылынайдары уонна саха үөрэхтээхтэрин кытыннарбыт.1906 сыллаахха Сахалар сойуустарын (Союз якутов) тэрийэр.1927 с. Дьокуускайга кэлэ сылдьан конфедералиистар дьыалаларынан тыллаабатаҕын иһин тутуллар. Атырдьах ыйыгар 1928 с. В. В. Никифоров ытылларга ууруллубут, онтон бу бириигэбэри концлааҕырга 10 сылга ыытыынан уларыппыттар. Балаҕан ыйын 15 күнүгэр 1928 сыллаахха Новосибирскай куорат түрмэтин балыыһатыгар өлбүтэ. 1992 сыл олунньутугар реабилитацияламмыта.
(Дьоһун саас форумуттан Nick89 суруйсууларыттан ыллым)
Ойунский П.А. — Былатыан Ойуунускай
Платон Алексеевич Ойуунускай (Слепцов) (11.11.1893—31.10.1939) — Саха советскай литературатын төрүттээбит суруйааччы, Саха судаарыстыбаннаһын тэрийсибит, XX үйэ саҥатыгар олох-дьаһах чыҥха уларыйыытын оҥорсубут уһулуччулаах политическэй диэйэтэл, лингвист-учуонай, ноуука салайааччыта.
1893 сыл сэтинньи 11 күнүгэр Боотур Уус (Таатта) улууһун Чөркөөх сэлиэнньэҕэ дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. 14 саастааҕар оскуолаҕа киирбитэ. Ону бүтэрэн баран Дьокуускайга көспүтэ, учуутал семинариятыгар үөрэммитэ.
1917 с. бастакы айымньытын «Үлэһит ырыата» хоһоону суруйбута. 1919 с. аатырбыт «Син биир буолбаат?» диэн Максим Аммосовка анаммыт хоһоонун суруйбута. 1922 с. Саха АССР совнаркомун Бэрэстээтэлинэн аныыллар. Онтон ЦИК бэрэстээтэлинэн үлэлиир. 1935 с. Национальностар Институттарыгар лингвистика билимин кандидатыгар диссертация көмүскүүр. Тыл уонна култуура чинчийэр институтун тэрийэр уонна бастакы дириэктэрэ буолар.
Платон Алексеевич олоҕун бүтүннүүтүн төрөөбүт дойдута сайдыытыгар анаабыта.
П. А. Ойуунускай дэгиттэр талааннаах суруйааччы этэ. Ол курдук бэйэтин кэмигэр революционнай поэт быһыытынан киэҥник биллибитэ, саха биир бастакы кэпсээнньитэ, сэһэнньитэ этэ, хас да драманы суруйбута, атын омук суруйааччыларын айымньыларын сахалыы тылбаастаабыта. Фольклор матырыйаалларыгар олоҕуран «Улуу Кудаҥса» философскай сэһэни, «Кыһыл Ойуун» олоҥхо-тойугу, «Дьулуруйар Ньургун Боотур», «Туналыйбыт ньуурдаах Туйаарыма Куо» олоҥхолору айбыта. Саха сирин суруйааччыларын союһун бастакы председателэ этэ.
1939 с. репрессияламмыта. Хаайыыга сытан 1939 сыл алтынньы 31 күнүгэр өлбүтэ. Кинигэлэрин боппуттара, аатын ааттаммат оҥоро сатаабыттара. 1955 с. алтынньы 15 күнүгэр үтүө аата сөргүтүллүбүтэ.
Саха бырабыыталыстыбата 1966 с. П. А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэни олохтообута. Кини аатын Саха Академическай драматическай театра, Литература музейа сүгэллэр. Кини аатынан Дьокуускай киин уулуссаларыттан биирдэстэрэ ааттаммыта.
Айымньылар | Мантан ыл |
Былатыан Ойуунускай – ХоhооннороАндаҕар Былааһы — СовеккаБырастыы Доҕорбор Сүөкүччэҕэ На смерть вождя Көҥүл ырыата Кэлэр кэскил ырыата Кэтэһии Өрүөл кэриэһэ Таатта үрэх үрдүгэр Тимир көлө Уруйа улааттын |
docxfb2 |
Дьокуускай куорат
everstoff@mail.ru сайтыттан айымньыларын аах.
Cыромятникова Анастасия Саввична
100-летний юбилей (1915г.- 2015г.)
Cыромятникова Анастасия Саввична (24.01.1915 — 16.08.1997) — прозаик. Заслуженный работник культуры PC (Я) и РФ. Член СП СССР с 1957 г.
Родилась в Томпонском улусе. Окончила областную партийную школу в Якутске, Высшие литературные курсы при Литературном институте им. А. М. Горького.
Первые рассказы и очерки А. Сыромятниковой появились в 1938 г.
За сборник рассказов «Чайка» писательница была удостоена премии на Всесоюзном конкурсе художественной книги для детей в 1951 г.
Революционные традиции, боевые и трудовые подвиги — ведущая тема рассказов и повестей А. Сыромятниковой. Другая тема в творчестве автора — раскрепощение якутской женщины, ее участие в созидании новой жизни.
В 1976 году выпустила на родном языке повесть «Киэн, аартыкка» («На широкую дорогу»), в 1983 году — книгу рассказов для детей «Сурэх кыыма» («Искры сердца»). Писательницей создан ряд привлекательных образов якуток в романах «Кыыс Хотун», «Куех дуолум барахсан» («Зеленый дол мой родной»).
А. Сыромятникова много сил отдала публицистике и общественной работе. Долгие годы руководила литобъединением «Хомус», тем самым внесла большой вклад в воспитание литературной смены. Была награждена медалями, Почетными грамотами.
Соловьев Василий Сергеевич — Болот Боотур
Соловьев Василий Сергеевич — Болот Боотур (15.04.1915 — 24.05.1993) — народный писатель PC (Я). Заслуженный работник культуры PC (Я). Участник Великой Отечественной войны. Лауреат Государственной премии имени П. А. Ойунского. Член СП СССР с 1966 г.
Родился в Чурапчинском улусе. По окончании школы колхозной молодежи в 1933 г. работал сельским учителем. В годы Великой Отечественной войны принимал участие в освобождении Калининградской и Ленинградской областей, Литвы, Белоруссии и Польши. Воевал и в Германии. После тяжелого ранения и лечения в госпиталях в конце 1945 г. вернулся на родину и вновь отдался педагогической работе. Член КПСС с 1965 г.
В 1955 г. заочно окончил отделение русского языка и литературы Якутского педагогического института.
Печатался с 1932 г. В 1959 г. вышла поэма В. Соловьева «Ол кун» («В тот день»), удостоенная второй премии на республиканском конкурсе.
Роман В. Соловьева «Сааскы дьыбардар» («Весенние заморозки») удостоен первой премии на республиканском конкурсе. Это первое крупное художественное произведение в якутской литературе, правдиво отражающее жизнь, быт, культуру и общественные отношения эвенов.
В романе-трилогии Болота Боотура «Уhуктуу» («Пробуждение») изображаются сдвиги, происходившие в жизни якутского улуса накануне революции, быт русских политических ссыльных, их прогрессивное влияние на рост классового самосознания местного населения.
Был награжден орденами Славы, Отечественной войны I степени и медалями.
Кузьмин Макар Иванович — Макар Хара
Кузьмин Макар Иванович — Макар Хара (26.04.1915 — 26.08.1981) — поэт, переводчик. Участник Великой Отечественной войны.
Родился в Таттинском улусе. Учился в Якутском сельскохозяйственном техникуме, затем в Московском Коммунистическом институте журналистики.
В 1932 г. принимал участие в работе I республиканской конференции рабселькоров и, как лучший корреспондент, был выдвинут на журналистскую работу. Более 10 лет работал заведующим сельхозотделом редакции газеты «Кыым». В 1941 г. был участником Всесоюзной выставки. В 1938-39 гг. работал секретарем Оргбюро СП Якутии и членом редколлегии литературно-художественного альманаха. Сотрудничал в редакции журнала «Хотугу сулус».
Стихи и поэмы Макара Хара публиковались с 1933 г. на страницах республиканской печати. Первый поэтический сборник «Родники» увидел свет в 1937 году. Его творчество прозвучало в полный голос в военные и послевоенные годы. Более 30-ти его стихов стали массовыми песнями.
Макар Хара — переводчик произведений В. Маяковского, А. Твардовского, Самеда Вургуна, С. Михалкова, Мирзо Турсунзаде, Г. Тукая и др.
Был награжден орденом «Красной звезды», боевыми медалями и Почетными грамотами.
Никифоров Исай Прокопьевич
Никифоров Исай Прокопьевич (01.05.1915 — 03.09. 1976) — прозаик, драматург. Участник Великой Отечественной войны. Заслуженный работник культуры PC (Я). Член СП СССР с 1939 г.
Родился в Хангаласском улусе. В 1934-39 гг. работал в советских и профсоюзных органах. Член КПСС с 1940 г. До призыва в Советскую Армию в 1943 г. заведовал отделом редакции газеты «Кыым». После демобилизации ряд лет находился на ответственных журналистских должностях. В 1949 г. окончил Новосибирскую областную партийную школу.
В 1949-1953 гг. работал редактором газеты «Эдэр коммунист», позже — ответсекретарем журнала «Хотугу сулус».
В 1939 г. издан отдельной книгой крупное произведение И. Никифорова — повесть «Степан». Она во многом автобиографична.
Значительное место в творчестве И. Никифорова занимает военная тематика. В центре его повестей -образы советских командиров, все помыслы и воля которых направлены на воспитание и сплочение боевых рядов войск.
В повести «Олох иhин охсуhуу» («Борьба за жизнь») показано влияние ссыльных большевиков на формирование революционного сознания якутской бедноты. Классовые схватки вокруг алданских месторождений золота раскрываются в повести «Золотая лихорадка».
В последние годы жизни работал над историческим романом «Государевы ямщики». В соавторстве с Н. Заболоцким написал пьесу «Семья Тарабукиных» из жизни старателей, а также несколько драматических произведений малой формы.
Был награжден орденом Красной Звезды и медалями.
Дьячковский Константин Николаевич — Туйаарыскай
Дьячковский Константин Николаевич — Туйаарыскай (03.06.1915 — 20.03.1976) — поэт. Заслуженный работник культуры PC (Я). Член СП СССР с 1957 г. Родился в Амгинском улусе.
Окончил 6 классов неполной средней школы, находился на культурно-просветительской работе, был сотрудником редакций районной и республиканских газет. Член КПСС с 1950 г.
В литературу К. Дьячковский пришел в конце 30-х гг. Его первый сборник стихов вышел в 1953 г.
Поэт много потрудился для юных читателей. Им написаны и изданы для детей замечательные поэтические книги, вошедшие в золотой фонд якутской поэзии.
Некоторые стихи Дьячковского стали массовыми песнями. Он перевел стихи С. Маршака, К. Чуковского и А. Барто.
Именем Константина Дьячковского — Туйаарыскай учреждена ежегодная республиканская литературная премия для детей и юношества.
Был награжден медалями и Почетной грамотой.
(Материалы взяты из биографического интернет – справочника якутской литературы http://pnbglaz.narod.ru/psakha/dyachk.html)